Якутянка
Полина Победа посвятила стихотворение• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения Герою России Андрею Григорьеву
Якутянка Полина Победа посвятила стихотворение• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения Герою России Андрею Григорьеву
Антонина Николаевна Семенова 19.01.25 17:45
Сардана Кузьмина 19.01.25 15:52
Патриотические стихотворения• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения, созданные не профессиональными поэтами• Литература » Художественная литература » Поэзия, а
простыми людьми, — это голос и душа народа. Они отражают любовь к родной
земле, гордость за защитников Отечества и надежду на будущее.
Сетевое издание «Улус.Медиа» предлагает вашему вниманию стихи Полины Победы.
Ее произведения, посвященные бойцам СВО• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО) » Участники СВО, нашли отклик в сердцах жителей
Якутии• Россия » Федеральные округа РФ » Дальневосточный федеральный округ (ДФО) » Республика Саха (Якутия) » Население Якутии
• Россия » Регионы России » Дальний Восток России » Республика Саха (Якутия) » Население Якутии.
С творчеством Полины Пантелеймоновны Находкиной, в народе известной как Полина
Победа, якутяне знакомы давно. Она начала писать стихи еще с 2000-х годов. Как
сама объясняет, поэтический дар передался ей от матери.
«Моя мама писала прекрасные стихи, но нигде не публиковалась. Когда она
покинула этот мир, я ощутила такую грусть, что в ту ночь написала стихи,
посвященные матери. С тех пор я стала выражать свои эмоции и чувства стихами,
слова льются сами собой» , – делится она.
Специальная военная операция• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО) глубоко затронула душу Полины Пантелеймоновны.
« Некоторые истории, связанные с бойцами СВО• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО) » Участники СВО, я пропускаю через свое сердце.
Не могу сидеть спокойно. Тут же начинают литься слова — слова благодарности,
восхищения и надежды на то, что ребята, не побоявшиеся идти в бой, останутся
живыми.
У меня есть стихи, посвященные парням, которые сейчас находятся в зоне СВО• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО), а
также стихи Героям России из Якутии• Россия » Федеральные округа РФ » Дальневосточный федеральный округ (ДФО) » Республика Саха (Якутия)
• Россия » Регионы России » Дальний Восток России » Республика Саха (Якутия). Последнее стихотворение• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения я посвятила
ефрейтору, настоящему герою Андрею Григорьеву, который победил противника в
рукопашной схватке.
Помню, как прочитала о его подвиге в социальных сетях• Коммуникации » Интернет-коммуникации » Интернет-сообщество » Социальные сети перед сном. Я была
впечатлена, как, впрочем, и всегда от рассказов о подвигах парней-якутян. Не
могла спать, выпрыгнула из кровати и одним духом написала стихотворение• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения,
посвященное ему», – рассказывает Полина Победа.
Некоторые стихотворения• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения Полины Победы были положены на музыку и стали
патриотическими песнями. «Наши герои, находящиеся в зоне СВО• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО), благодарят меня
за стихи. Они просят и впредь поднимать их боевой дух такими словами», –
делится она.
В настоящее время Полина Пантелеймоновна продолжает писать стихотворения• Литература » Художественная литература » Поэзия » Стихотворные произведения и
активно участвует в творческих конкурсах.
Видеоплеер
http://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/wp-content/uploads/2025/01/whatsapp-video-2025-01-19-at-15.22.18.mp4
ДОЙДУГА БЭРИНИИ
/Россия Дьоруойугар А.Н. Григорьевка ананар/
Алааһын алгыһын ылынан,
Сахатын быһаҕын иилинэн,
Дойдутун көмүскүү барбыта
Ньурбабыт биир сэмэй киһитэ!
Олоҥхо дьоруойун санатан
Ууну да, уоту да ааспыта!
Этинэн-хаанынан билбитэ
Дойдуну көмүскүүр хайдаҕын!
Түүлүгэр дэҥнэтэн көрөрө
Эйэлээх олоҕун, дьиэ дьонун,
Биэс оҕо сайыһа хаалбытын
Чанчыга кэйиэлии саныыра!
Онтуга күүстэри биэрдэҕэ,
Тэҥэ суох өстөөҕүн утарсан,
Кутталы, самнары да умнан
Чугуйар диэн тугун билбэтэ!
Билбэтэ кэннинэн кэхтэри!
Биллэ биир кыайыыга дьулууру!
Сахатын ньоҕойун киллэрдэ!
Саха диэн хайдаҕын көрдөрдө!
Аан дойду салынна! Ылынна!
Саха дьиҥ боотурун билиннэ!
Манныктар дойдуну быыһыыллар!
Маннык дьон кэпсээҥҥэ киирэллэр!
Түөһүнэн сыылла да сырыттар
Өндөрөй өлүүнү утарда!
Бэл өстөөх киһитэ билиннэ:
«Эн кыайдыҥ! Эн чулуу буойуҥҥун!»
Сэрии диэн бу күрэх буолбатах —
Күннэтэ өлүүнү өҥөйүү!
Күннэтэ өстөөхтүүн күөн көрсүү!
Күннэтэ дойдуга бэринии!
11.01.2025с.
ҮЙЭ САҤА ДЬОРУОЙА
/РФ Дьоруойа Алексей Неустроевка/
Дьоруой төрүүр түөлбэтэ
Дьикти тыыннаах Тандаҕа
Сүүрбэ биирис үйэҕэ
Төрдүс Дьоруой күөрэйдэ!
Таҥаратын дьиэтиттэн
Алгыс ылан аттаммыт
Аата-суола биллибэт
Уолтан Дьоруой таҕыста!
Сэттэ уон сыл устата
Убай-быраат дэммиттэр
Көһүппэтэх өттүттэн
Сэрии уотун ыстылар!
Уолуйбуттар, куоппуттар
Ахсааннара сөхтөрдө,
Өй да, үөрэх туппата —
Элбэх ыччат күрэннэ!
Оттон Танда ыччата
Үс дьоруойдаах дойдутун
Утумнаата, ааттатта!
Харса суоҕун көрдөрдө!
Сэмэй саха тыа ыала
Арбаммакка сиэрдээхтик
Ииппит хорсун уоллара
Көмүскээтэ дойдуну!
Тааҥка аата «Алеша»!
Уолбут аата Алеша!
Болгария сиригэр
Турар саллаат Алеша!
Үс төгүллээх Алеша
Дьиҥнээх чулуу ааттаах уол!
Төрүт дойдуҥ Тандаҕын
Аатын эбии киэргэттиҥ!
Үйэ саҥа Дьоруойа!
Танда төрдүс Дьоруойа!
Түөлбэҥ дьоно кэтэһэр —
Булгу тыыннаах эргиллээр!
07.08.2023с.
ИККИ ДЬОРУОЙ
Саха сирэ аатырда!
Суон сураҕа сураҕырда!
Аны биир да буолбатах —
Икки Дьоруой тэҥинэн!
Сэмэй саха ыалыттан
Дэриэбинэ сириттэн
Хорсун хоодуот уолаттар
Соһуттулар дойдуну!
Элбэх тылы эппэккэ,
Охсуммакка түөстэрин
Көрдөрдүлэр чулуу диэн
Хайдах буолар түгэнин!
Тирээн кэлбит иэдээнтэн
Сынтас гынан куоппакка
Саха төрүт мындырын
Туһаннылар түгэҥҥэ!
Эдэрдэрэ билбэтэ
Хааннарыгар баарынан
Хааннаах сиэмэх өстөөҕү
Самнардылар биир түгэн!
Уонна саха дьэ хайдах
Сэнэниэҕэй бэйэтин!
Сахатынан дьэ хайдах
Киэн туттубат буолуоҕай!
Чөрөс гынным бэл бэйэм!
Сэттэ уоммун умнаммын
Үөрэн саха былаахтаах
Сүүрэ тахсыах курдукпун!
11.08.2023с.
САХА УОЛА
/СВОҕа сылдьар саха саллаатыгар ананар/
«Саха сааппат, ыт харбат»
Саха өһүн хоһооно —
Саха уолун саллаатын
Сэрии тыына самнарбат!
Толкуй тохтуур сиригэр
Сэрии сэбин тобулар,
Хайдах гынан өстөөҕү
Куоһарарга туһанар.
Учуонай да буолбатар
Чөмчөкөтө сөхтөрөр!
Өбүгэбит мындыра
Бэриллибит уолчаана!
Дрон өйү көтүтэр!
«Якут» өйө үлэлиир!
Калашников аптамаат
Ытар кыаҕа күүһүрэр!
Уонна сэнээҥ саханы!
Куотуҥ саха сириттэн!
Саха тылын сиэннэргэ
Саҥардары сатаамаҥ!
Санаан көрүҥ тохтооҥҥут
Хайдах курдук уолаттар
Саха аатын ааттата
Сэриилэһэ сылдьаллар!
Саха аатын түспэккэ
Олоруоҕуҥ! Сылдьыаҕыҥ!
Саатар төрүт тылбытын
Харыстыыры сатыаҕыҥ!
Төрүт тылбыт сүтүөҕэ —
Бүтүн норуот сүтүөҕэ!
Мындыр өйбүт сыппыаҕа!
Атын тыыннаах буолуоҕа!
Тылбыт — баайбыт, куйахпыт!
Уратыбыт! Ис куппут!
Эйиэхэҕэ, миэхэҕэ
Төрөппүппүт тыын тыла!
07.12.2024с.
@@@@
ГЕРОИ СВО• Россия » Политика России » Социальная политика России » Поддержка участников и ветеранов СВО » Герои СВО
• Государство » Социальная политика » Социальная политика России » Поддержка участников и ветеранов СВО » Герои СВО
• Политика » Политика России » Социальная политика России » Поддержка участников и ветеранов СВО » Герои СВО ГОД ЗАЩИТНИКА ОТЕЧЕСТВА СВ