Александр Карманов: «Сахам матыыба сүрэхпэр өрүү чугас»
Александр Карманов: «Сахам матыыба сүрэхпэр өрүү чугас»
Ulus.Media 20.11.24 11:34
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыр ыгар саха төрүт дорҕоонун өрө
туппут, норуоттар икки ардыларынааҕы, итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа, тойук,
оһуохай күрэхтэрин дипломана, Гран-При хаһаайына, кэскиллээх ырыаһыт Александр
Карманов «Дьиэрэй ырыам» тус кэнсиэр э эдэриттэн эмэнигэр диэри саха алыптаах
матыыбын таптаан истэр үгүс дьону биир саалаҕа муспута.
Александр Карманов Алдан улууһун Кутана бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Сэттис
кылааска үөрэнэ сылдьан аҕатын Андрей Иванович дойдутугар Амма улууһугар көһөн
кэлэн, Сатаҕай орто оскуолатын бүтэрбитэ.
— Александр, бастатан туран, улахан сыанаҕа сүрэхтэммит бастакы тус кэнсиэриҥ
үрдүк таһымҥа ааспытынан эҕэрдэлиибин. Ырыа абылаҥар хайдах, хаһан
ылларбыккытый?
— Оҕо сылдьан ыллыырбын бу диэн олох өйдөөбөппүн. Баҕар туох эрэ ансаамбылга
игин ыллыырым буолуо, оҕо-оҕо курдук. Аан маҥнай Исидор Адамович уонна
Сардаана Ильинична Варфоломеевтар ыллыырбын истибиттэрэ. Мин отой да «Айыллык»
олохтоох култуура дьиэтигэр тиийэн, ыллыахпын баҕарабын диэн этэн
турардаахпын, дэлби кытаран, долгуйан, кыыһа буһа тиритэн, тииһим быыһынан
иһим түгэҕэр саҥарбытым. Ол иннинэ олох да ырыанан игин дьарыктамматах оҕобун
уонна тоҕо итинник диэн тылламмыппын билигин да билбэппин.
Арааһа, ырыаһыт буолар дьылҕам таайдаҕа дуу дии саныыбын.
— Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн мындыр этии баар. Үҥкүүнү
баһылаабыт артыыс буоллаҕыҥ дии.
— Дойдубар Кутанаҕа Анна Федоровна Соловьева салайааччылаах «Биракан»,
Сатаҕайга Елена Алексеевна Тритонова «Саһарҕа» ансаамбылларыгар үҥкүүлүүр
этим, бэйэм санаабар, бастыҥнар быыстарыгар баарым, быһыыта. Ол саҕана ырыа
кута отой да суоҕа.
— Муусука кэллиэһигэр үөрэммит сылларгын күндүтүк саныыр буолуохтааххын.
Уһуйааччылары ҥ кимнээхтэрий?
— 2019 сыллаахха Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһигэр Гаврил Колесов
төрүттээбит төрүт култуура салаатын бүтэрбитим. Саха Өрөспүүбүлүкэтин
култууратын туйгуна Элеонора Соколова, Аан дойдутааҕы култуура маастара, аан
дойдутааҕы виртуоз хомусчут, СӨ үтүөлээх артыыската, култууратын туйгуна
Варвара Степанова — Арчыына, СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Николаева, СӨ
үтүөлээх артыыската, култууратын туйгуна, «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта Анна
Томская уонна СӨ култууратын туйгуна Вераника Лыткина курдук улуу дьоҥҥо
уһуйуллан тахсыбытым. Онон дьылҕам биир үтүө бэлэҕинэн сыаналыыбын. Устудьуон
кэмнэрбэр өрөспүүбүлүкэтээҕи тойук, норуот ырыата, дэгэрэҥ, оһуохай
күрэстэригэр ситиһиилээхтик кыттарым.
— Кэнсиэриҥ бэйэҥ санааҕар хайдах ааста дии саныыгын?
— Быйылгы кэнсиэрим 5 сыллаах айар үлэм түмүгэ буолар. Хайдах курдук тойуктан,
норуот ырыатыттан, оһуохайтан саҕалаан оркестыры кытта ыллыыр буолбутум барыта
биир киэһэ арылхайдык көһүннэ дии саныыбын. Онон олуһун астынным, мин айар
талааммын сэҥээрэр дьон үгүһүттэн үөрдүм.
Тоҕо чуолаан саха ырыата эйиэхэ чугаһый?
— Чахчы, саха төрүт култууратын жанра миэхэ быдан чугас, иитиллиим оннук.
Урукку норуот уус-уран ырыаларын ордорон ыллыыбын. Төрүт үгэспитин,
култуурабытын, тылбытын оннуттан билиэх тустаахпыт. Ол эрэн, мин бэйэбин араас
тэтимнээх, ис хоһоонноох ырыалары толорор артыыспын, нууччалыы эттэххэ –
универсальнай ырыаһыппын дэнэбин.
— Айар куттаах киһи наар иллэҥэ суох сыана үрдүттэн түспэтиҥ буолуо. Ол эрэн,
туох эмэ сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтааххын.
— Иллэҥ кэм түбэстэ да, соҕотохсуйууну көрдүүбүн. Соҕотохсуйууттан күүс-уох
ылабын, санаам сааһыланнаҕына — айар кутум уһуктар. Итиэннэ, сөбүлүүр сүрүн
дьарыгым – сүүрүү. Дуоһуйууну ылар, таптыыр дьарыгым. Эт-хаан уһугуннаҕына,
өй-санаа чөл буолар.
Түмүккэ тугу этиэххитий?
— Чахчыта даҕаны, биир бүччүм баҕа санаалаахпын – тыйаатырым, оркестырым
сайдыан олуһун баҕарабын. Саха дьоно саха матыыптарын, төрүт үгэспитин
умнуохтарын олох баҕарбаппын.
Онон норуот ырыаларын ыллыыр дьону олох ураты ис туруктаах, саха омук инники
кэскилин туһугар ис дууһаларыттан ыалдьар дьонунан ааҕабын. Ол иһин сахам
тыла, матыыба өрүүтүн сүрэхпэр чугас.
Александр Карманов кэнсиэригэр сылдьан, олуһун астынан, ис туруктуун уһуктан
кэлбитим. Туттара-хаптара бэйэтигэр эчи барсарын, куолаһа кэрэтин, аҥардас
хомустаан сыыйан барбытыгар саала иһэ толору ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ –
көрүөхтэн дьикти, хатыламмат түгэн этэ. Саха куттаах эдэр артыыска бары
ситиһиилэри, саҥа арыйыылары, өрө дабайыылары баҕарабын! Дом!!!
Валентина Догоюсова, хаартыскалар ырыаһыт тус архыыбыттан.
Также читайте:
«Храбрый орел»: якутский певец Эрхаан представил песню• Музыка, посвященную его
сыну-участнику СВО• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО)